Дойду үрдүнэн араас биричиинэнэн төрөппүт иитиититтэн маппыт оҕо элбээн иһэрэ биллэр. Оҕолор барахсаттар ийэ, аҕа тапталын билбэккэ, оҕо дьиэлэрин иитиллээччилэрэ буола түһээхтииллэр. Арай кинилэргэ биир эмэ амарах санаалаах дьиэ кэргэн илиитин уунан, бу барахсаттары иитэ ылан, төрөппүт оҕолорун курдук бүөбэйдээн, көрөн-харайан улаатыннараллар.
Онон бүгүн кэпсиир ыалым 2021 саас кулун тутарга үс оҕолоох Владимир Петрович, Елена Юрьевна Барашковтар диэн үс оҕолоох эдэр ыал оҕо дьиэтиттэн үс тулаайах оҕону иитэ ылбыттара.
Ийэлэриттэн туох санааттан иитэ ылбыттарын туһунан ыйыппыппар, Елена Юрьевна:
— Биһиэхэ ийэ, аҕа көрүүтэ суох хаалбыт оҕолору иитэ ылар санаа ылбычча буолбатах этэ. Үһүс оҕобут үс саастааҕар кыысчааммытыгар ханыы гынаары кыыс оҕону иитэ ылар баҕалаах этибит, ол гынан биһиги дьолбутугар, үс бииргэ төрөөбүт оҕолору ылыаххытын сөп диэбиттэрэ. Бастаан хайдах эрэ соһуччу курдуга биирдэ алта оҕолонор, ол эрээри үс уол, үс кыыс биир дьиэ кэргэн буолалларын санаан, өр бары өттүнэн бэлэмнэнэн баран сөбүлэспиппит. Оҕолорбутун саас кулун тутарга кэргэмминээн массыынабытынан баран оҕо дьиэтиттэн аҕалбыппыт. Иитээччилэри кытта эрдэттэн билсибит буоламмыт бары үөрэ көрсүбүттэрэ, алгыһынан атаарбыттара. Оҕолорбут барахсаттар айаннаан иһэн мама, папа диэн ыҥыран барбыттара, эрдэттэн билсибит хаартыскаларынан билэр буолан бэйэбит оҕолорбутун аҕалан иһэр курдук санаммыппыт, оннук этэ бастакы көрсүһүүбүт.
Ол курдук оҕо куттаах ыал икки этээстээх дьиэлэрин иһэ оҕо чаҕаарар күлүүтүнэн, минньигэс ас сытынан тунуйар сылаас эйгэлээх улахан дьиэ кэргэн буолбуттара. Оҕо атаҕын суола оҕуруолуу тыргыллар, сайынын оҕуруот, сибэкки арааһын үүннэрэн, кыраларыттан туһа дьоно буола улааталлар. Улахан дьиэ кэргэн аҕалара Владимир Петрович студент уолунаан кустаан, балыктаан, сибиинньэ, куурусса, ииттэн күҥҥэ солото суох түбүгүрэллэр. «Оҕо туһугар аҕа тилэҕэ элэйэр» диэн өбүгэлэрбит итини этэн эрдэхтэрэ. Тэлгэһэ иһэ тутуу арааһа оҕо оонньуур дьиэтиттэн саҕалаан, барытыгар кэҥэттии, саҥардыы үлэ элбэх оҥоһулунна.
Онтон ийэлэрэ дьиэ ис өттүн дьаһайар, оҕо иитиитигэр улахан болҕомтотун уурар. «Ол курдук сайын Алдан Эбэбитигэр мотуорунан астаах баран нөҥүө кытылга кумахха сөтүөлээн чомполоноллорун оҕолорум олус астыналлар. Сир астыы барарбар кыргыттарбын бэйэбин кытта илдьэ сылдьабын. Оту-маһы, үүнээйилэри, билбэт отоннорун: рябинаны, бояришнигы, дөлүһүөнү амсайан көрө-көрө, наһаа соһуйаллар этэ. Иккискэ үөрэнэр кыыспынаан тэллэйдээччибит үөрүүнэн барсааччы. Ханнык тэллэй сиэниллэрин, ханнык дьаттааҕын бэркэ быһаарсар буолла. Ол сылдьан хайаан да сирбитин кэмпиэт, бирээнньик да буоллун аһатыахтаахпыт, оччоҕо айылҕа эмиэ бэрсиэ диэн үөрэтээччибин»- диэн оҕолорун туһунан астына кэпсиир.
Барашковтар бэйэлэрэ бары өттүнэн талааннаах, уус, айар дьоҕурдаах, үлэһит буоланнар, оҕолоро тэбис-тэҥҥэ түсүһэн иһэллэр. Ийэлэрэ Елена Юрьевна култуура киинин художественнай салайааччыта, онон оҕолор ырыа, үҥкүү эйгэтигэр улааталлар, сүрдээх көхтөөхтөр. Кинилэр өссө да кыралар улахан кыыс аҕыстаах, уолчаан алталаах уонна кыра кыыс биэстээх.
Быйыл саас ийэлэрэ Елена Юрьевна суол быһылааныгар түбэһэн улахан эчэйиини ылан, алта оҕотун Аанньалларын көмөтүнэн өр кэмҥэ эмтэнэн, этэҥҥэ буолан үлэлии сылдьар. Ийэ барахсан күүстээх санаатынан, олоххо тапталынан оҕолорум туһа диэн, күннэтэ минньигэс иҥэмтэлээх ас арааһын астыыр, сууйар-тарыыр кими уһуйааҥҥа, кими оскуолаҕа атаарар. Оҕолоро ийэлэрин тула сылдьан кырачаан бэйэлэрэ күүс-көмө буолаахтыыллар.
Онон Елена Юрьевнаҕа кытаанах доруобуйаны, оҕолорун этэҥҥэ улаатан, үтүө дьон буолан эйиигин дьоллуулларыгар баҕарабын!
Биһиги Эдьээммитигэр кэнники сылларга тулаайах оҕолору иитэ ылар амарах санаалаах дьиэ кэргэн элбээн иһэр. Туора оҕону иитии сибэккини үүннэрии буолбатах-бу государство иннигэр үрдүк эппиэтинэс буоларын өйдөөн туран иитэллэр. Онон үтүө санаалаах хорсун дьон баарыгар махтанабыт, өйүүбүт эрэ буоллаҕа.
Күндү биир дойдулаахтарбын Саха сирин күн күбэй ийэлэрин саамай истиҥ иһирэх сырдык бырааһынньыкпытынан ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибит! Эһиги, ийэлэр, уҕараабат тапталгытыгар сүгүрүйэбит, махтанабыт!
Ирина Винокурова