Арассыыйа, Саха сирин, Уус Алдан улууһун успуорка сулуһа, күөн туттар марафонеһа, аан дойду икки кытыы кэнтиниэниттэн – Саха сириттэн уонна Африкаттан – хаан тардыылаах Артур Бурцев Санкт-Петербурга олорор, үлэлиир. Кинини мэлдьи истиҥник ахтар Уус Алдан дьонугар анаан көрсүһүүгэ ыҥырбыппар үөрүүнэн сөбүлэһэн, сахалыы үүттээх чэй иһэ-иһэ кэпсэтиибитин «Мүрү саһарҕата» хаһыакка эһиги болҕомтоҕутугар таһаарабын.
«Артур Бурцев 1988 сыллаахха муус устар 23 күнүгэр Санкт-Петербурга төрөөбүтэ. Бастакы уонна соҕотох тириэньэрэ – Елена Плавкова. Артур сүүрүүнү таһынан хайыһардыырын сөбүлүүр, сноубордунан дьарыктанар. Билигин тириэньэрдиир. Биллиилээх уһунньут-сүүрүк Саха сиригэр олохтоох спортсменнар иннилэригэр улахан үрдэли туруоран, хаһыс да сылын спортивнай оонньуулары киэргэтэр.»
САХА ИТЭҔЭЛИН БЫДАН ЧУГАСТЫК ЫЛЫНАБЫН
– Артур, Сыырдаахха иитиллибит эйгэҥ туһунан кэпсээ эрэ.
– Ийэм Тамара Николаевна Бурцева өссө 18 саастааҕар Санкт-Петербурга кэлэн, биһиги балтыбыныын манна төрөөбүппүт. Сайын аайы дьон даачаҕа көһөр буоллаҕына, биһиги ийэбит дойдутугар барарбыт. Биир кыһын эбэлээх эһэбэр кыстаабыттааҕым. Сэттэ сааспар оскуолаҕа киирээри кэлбиппэр ийэм аэропуорка уу сахалыы саҥарар оҕону көрсүбүт. Кэлин олохтоох эйгэҕэ суураллан, сахалыы саҥаттан тэйэн, саҥарарбын ыарырҕатабын эрээри, өйдүүбүн. Уол оҕо буолан, эһэбэр Николай Евграфович Бурцевка сыстыбытым. Кинини кытта элбэх ахсааннаах таайдарым, тастыҥ убайдарым тыа сирин үлэтигэр уһуйбуттара, эр киһилии хаачыстыбаны иҥэрбиттэрэ. Эбэбин Марфа Николаевнаны кытта элбэхтик сэнньэлиспиппит. Сир астыырбыт, ньирэй, сүөһү көрөрбүт. Хос эбэм уҥуоҕар илдьэ барарын өйдүүбүн. Хомойуох иһин, эбэлээх эһэм билигин суохтар.
Биир сайын ыһыахха Бурцевтар аймах сүүсчэкэ киһи мустубутуттан соһуйбутум. Ол барыта мин тирэҕим, дурдам-хаххам буоллаҕа. Киэҥ, улахан аймахтан төрүттээхпинэн киэн туттабын. Саха сиригэр тиийдэхпинэ, барыларын кытта көрсө сатыыбын. Эбэлээх эһэм дьиэлэрэ билигин даҕаны баар эрээри, дьонноох сиргэ – тастыҥ убайым аахха – тохтуурбун сөбүлүүбүн.
Артур сүүрэр дьоҕуру аҕатынан итии дойду эт-хаан өттүнэн сайдыылаах дьонуттан удьуордаабыта биллэр. Ону тэҥэ ийэтин өттүнэн уһунньут-сүүрүк таайдааҕын успуорка сыһыаннаах дьон уонна биир дойдулаахтара бэркэ билэллэр. Өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ Петр Иванович Окоемов Чирэпчиттэн төрүттээх. Кэптэнигэ Григорий Дьячковскай, Мүрүгэ Василий Румянцев, Владимир Слепцов, Дьокуускайдааҕы педучилищеҕа Иван Бурляев курдук чулуу тириэньэрдэргэ дьарыктаммыта. Саха сиригэр аан бастаан 1979 с. ыытыллыбыт улахан марафоҥҥа кини убайа, чугас доҕоро Пантелеймон Заболоцкай бастаабыта. Оттон кини иккис марафоҥҥа кыттан, төрдүс миэстэни ылбыта. 1981 с. 24 саастааҕар өрөспүүбүлүкэ улахан марафонугар чөмпүйүөн үрдүк аатын ылбыта. Ити сылларга Уус Алдан хамаандата марафоҥҥа икки куубагы ылары ситиспитэ. Салгыы Петр Иванович Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн, Улан Үдэҕэ, Иркутскайга, Омскайга, Смоленскай уобаласка ыытыллыбыт күрэхтэһиилэргэ кыттыыны ылбыта.
– Ийэҥ билигин тугунан дьарыктанарый?
– Петербурга тутуу техникумугар үөрэнэн, икки оҕолонон, улахан куоракка оннун-олоҕун булан, атахпытыгар туруорда. Биһиги бу сиргэ кэлэр быабыт тартаҕа дии саныыбын. Аҕам Арҕаа Африка Гвинея-Бисау өрөспүүбүлүкэтиттэн төрүттээх, эмиэ Петербурга үөрэммит. Дьоммут өр бииргэ олорботохтор. Онон ийэм араспаанньатын илдьэ сылдьабын. Аймахтара дойдутугар ыҥыра сатаабыттарын буолумматах. Уустуктары этэҥҥэ туораан, күн бүгүн тутуһан сылдьар дьарыкпын булларбытыгар, аһара итиитэ да, тымныыта да суох сиргэ, киэҥ эйгэҕэ ииппитигэр махтанабын эрэ. Сааһын тухары тутууга каменщик идэтинэн үлэлээн, биэнсийэҕэ тахсыбыта. Ийэм – саха сэмэй дьахтара. Элбэх болҕомтону сөбүлээбэт. Бэйэтэ бэйэтигэр чуумпутук сылдьарын ордорор. Биэнсийэҕэ тахсыбыт бастакы кэмигэр бэйэбин кытта дьарыкпар илдьэ барарым. Онтон хаамар, кыралаан сүүрэр буолбута. Билигин бэлэсипиэтинэн сылдьар, харбааһынынан дьарыктанар. Онно эбии мин үлэлиир комплекспар кыра үлэлээх. Онон күн солото суох, мэлдьи сэргэх сылдьарыттан үөрэбин эрэ.
– Эйиэхэ сахаттан туох хаачыстыба иҥмит быһыылааҕый?
– Тастыҥ убайдарбын, бырааттарбын мэлдьи кэтээн көрөөччүбүн. Алтыһарга чэпчэкилэр, сымнаҕастар, көрдөөхтөр, олус эппиэтинэстээхтэр, тирэхтээхтэр, туруктаахтар. Аймахпар бигэ олохтоох ыал элбэҕиттэн астынабын. Ол, сүрүннээн, эр дьоммут тус хаачыстыбаларыттан тутулуктаах диэн сыаналыыбын. Ити өрүттэр миэхэ эмиэ бааллар.
– Туох итэҕэли тутуһаҕын?
– Икки араас итэҕэллээх дьонтон төрөөбүт киһи буоллаҕым. Аҕам – католик, ийэм – тыл итэҕэллээх саха омук бэрэстэбиитэлэ. Аны туран, олорор эйгэм христианскай итэҕэлгэ тирэнэр. Ийэм “Улааттаххына, тугу тутуһаргын бэйэҥ быһаараар” диэбитэ. Тугу да тала сатаабатаҕым. Тоҕо диэтэххэ, оҕо эрдэхпиттэн сахалыы итэҕэли быдан өйдүүбүн уонна ылынабын. Өскөтүн эн аттыгар таҥара мэлдьи баар буоллаҕына, тоҕо таҥара дьиэтигэр тиэстэр нааданый? Саха айылҕаҕа, айыыларга сүгүрүйэрин, булдуттан-аһыттан бэрсэр үгэһин сэҥээрэбин, чугастык ылынабын.
– Булка, балыкка сыһыаннааххын дуо? Туох аһылыгы талаҕын?
– 12 саастаахпар таайым саанан ыттарбытыгар санныбын эчэппиппин өйдүүбүн. Тоҕо эбитэ буолла, ити эйгэ миигин тардыбатаҕа. Өскөтүн булдуҥ ас-үөл буолар буоллаҕына, син даҕаны. Оттон көр-нар курдук сылдьыы интэриэһи үөскэппэт. Биир бэйэм кыыл, сүөһү тыыныгар турары кэрэхсээбэппин. Эт-ас маҕаһыыҥҥа дэлэй. Чуолаан сүөһү этин Саха сириттэн атыылаһабыт. Бэйэ этэ туохха да тэҥнэммэт. Успуордунан дьарыктанар буоламмын, ыһаарыламмыттан туттунабын. Ууга, бүскүтэн, грильгэ буһарыллыбыты, ыыһаммыты сиибин. Саха сиригэр бардахпына, соботтон аккаастаммаппын.
ОЛОҔУМ ОЛОЧЧУ УСПУОРКА ТИРЭҔИРЭР
– Идэтийбит спортсмен буоллаҕыҥ. Күнүҥ хайдах салалларый?
– Үлэбин тус олохпор, дьарыкпар дьүөрэлээн булбут буоламмын, этэргэ диэри, бэйэм бэйэбэр хаһаайыммын. Билигин улахан дьону дьарыктыыбын. Киэһэ үлэ чааһын кэнниттэн кэлэр буоланнар, онуоха диэри кэммин бэйэбэр аныыбын. Сарсыарда сүүрэбин, дьарыктанабын, көмпүүтэргэ үлэлиибин, өйү-санааны сайыннарар быраактыканы барабын. Киэһэлик иккис дьарыкпар барабын уонна тириэньэр быһыытынан дьону кытта үлэлэһэбин. Көстөрүн курдук, олоҕум олоччу успуорду кытта ситимнээх.
– Күрэхтэһиилэргэ хайдах талан, былааннанан кыттаҕын? Бириис пуондата хайдах буолааччыный?
– Хас эрэгийиэн, куорат аайы олус элбэх күрэхтэһии ыытыллар. Ханнык сиргэ ким тэрийэрин көрөн, талабын. Холобур, быйыл Пушкин куоракка дириҥ устуоруйалаах марафоҥҥа кыттан, бастаатым. Пушкинтан Петербурга диэри сабыылаах тыраассанан 7 тыһыынча киһи 42 килэмиэтир уһуҥҥа сүүрдүбүт. Күрэхтэһиилэр пуондалара араас. Үксүн мэтээлинэн, малынан-салынан муҥурданаллар. Оттон сорох марафоҥҥа аҥаардас кыайыылаахха 400 тыһ.солк. саҕалаан, 1-1,5 мөл. солк. тиийэ уу харчынан бириис турар. Марафон таһымыттан тутулуктаах. Онон сүүрэриҥ таһынан үчүгэйдик хамнастаныахха сөп. Ол эрээри, киһи марафонунан олорбот. Өр кэмҥэ бэлэмнэниэххэ, элбэҕи биэриэххэ, доруобуйанан толуйуохха наада. Идэтийбит спортсменнар харчыны бастакы былааҥҥа туруорбаппыт. Биһиэхэ сүрүнэ – түмүк.
– Оччотугар сүрүн дохуоккун туохтан киллэрэҕин?
– Социальнай ситиминэн куһаҕана суохтук хамнастанабын. Тэрилтэлэр, хампаанньалар, биирдиилээн бреннэр угуйук уһултараллар. Успуорт таҥаһын брендэ кини таҥаһын-сабын кэтэн сүүрэрбин, дьоҥҥо тарҕатарбын иһин хамнастыыр. Ити дьарыгы бэйэм даҕаны сөбүлүүбүн. Эйигин дьон истэрэ, батыһара – улахан эппиэтинэс. Онон бэйэм, ийэм да кыбыстыбаппыт курдук ис сүрэхпиттэн кыһаллан үлэлэһэбин, үтүө холобур буоларга дьулуһабын. Оттон холобур буолар чэпчэкитэ суох. Дьон ортотугар хайдах тутта-хапта, таҥна-симэнэ сылдьаргын, тугу саҥараргын кэтэниэххин, көрүнүөххүн наада.
БААРЫ БААРЫНАН ЫЛЫНАБЫН
– Биллиилээх киһи буолар чэпчэкитэ суох бөҕө буоллаҕа. Мэлдьи болҕомто киинигэр сылдьар буолуохтааххын. Ону хайдах ылынаҕын?
– Тас көрүҥүм да ураты буолан, дьон хараҕа хатанар. Ааппын өйдөөбөтөллөр да, сүүрүк буоларбын эндэппэккэ билэллэр. Итини икки уһуктаах ураҕас курдук көрүөххэ сөп. Бэйэм сүүйүүлээх өрүттэрбин бэркэ өйдүүбүн. Ону таһынан сүүйтэрэрим эмиэ баар. Улахан куораттарга дьон араас омук дьонун көрө, алтыһа үөрүйэх. Оттон кыра куораттарга харах далыгар киирбитим биллээччи. Саха сиригэр, Африкаҕа биир оннук. Сахаҕа майгыннаабат сахабын эбэтэр толору африканец эмиэ буолбатахпын. “Бэйэ дьонун ортотугар – туора киһи” диэн этии суолтата итиннэ көстөр. Билэр дьонум ортотугар уулаах балык курдук сылдьар буоллахпына, билбэт эйгэбэр арыый табыгаһа суох буолааччы. Кэлин итиннэ улаханнык болҕомтобун уурбат буоллум. Чуолаан сүүрүү эйгэтигэр бу икки хааным миигин абырыыр. Төрөппүттэрбиттэн сүүрэр дьоҕуру, тулууру, дьулууру ылбыт дьоллоохпун.
ХАЙА БАҔАРАР ИЙЭ ИТИННИК БЫҺЫЫЛАНЫА ЭТЭ
— Бороҕоҥҥо буолбут оонньууларга 10 тыһыынча килэмиэтир уһуҥҥа биэтэккэ кэлиигэр байааттаҥнаан, олус соһуппутуҥ. Онно ийэҥ сүүрэр суолга сүүрэн киирэн, күрэхтэһииттэн уһуллубутуҥ. Бу кэпсэтэ олорон, ити түгэни хаста да аҕынныҥ. Оччотооҕу балаһыанньаны билигин хайдах быһаараҕын?
– Дьэ, доҕоор, Африкаттан хааннаах эрээрибин, күн уоттаабыппын! (Күлэр). Киһи күүппэтэх түгэнэ. Кэлин санаатахпына, оҕо сылдьан итинниккэ түбэспит эбиппин. Эмиэ Уус Алдаҥҥа этэ. Эһэбиниин күнү быһа кирпииччэ үктээбиппит. Киэһэтин мэйиим эргийбитин өйдүүбүн. Стадиоҥҥа мөлтөөһүммэр чопчу биир эрэ түгэн оонньооботох буолуохтаах. Бастатан туран, көтөн, айаннаан тиийэбин, бириэмэ араастаһыытыгар түбэһэбин. Ити кэмҥэ Саха сиригэр айылҕа соһуччу уларыйыылара буолуталаабыттара. Холобур, Бороҕоҥҥо оонньуулар иннилэринэ улахан буурҕа кэлэн ааспыта. Онтон киһи тулуйбат итиитэ турбута. Онно эбии тыһыынчанан киһи кэтэбилэ-манабыла, бэйэм долгуйуум эмиэ билиннэҕэ. Элбэххэ эрэнэн, элбэҕи эрэйэн миигин ыҥырдахтара. Дьоҥҥо үчүгэй түмүгү көрдөрүөхтээҕим, үөрүүнү бэлэхтиэхтээҕим. Ол эппиэтинэһин үчүгэйдик өйдүүрүм.
Этэргэ диэри, туох да мээнэҕэ буолбат. Биир өттүнэн ылан көрдөххө, онус сылбын чөмпүйүөннүөм, ол онон умнуллуо этэ. Оттон иккис өттүнэн, ити уһуҥҥа бары тэҥ баайыылаах, хайабыт да кыайар кыахтаах дьон таҕыстахпыт. Константин Драгунов диэн Мэҥэ Хаҥалас спортсмена чөмпүйүөннээбитэ. Ол киниэхэ саҥа аартыктары арыйбыта. Утарсааччыларбар мэлдьи ытыктабыллаахтык сыһыаннаһабын. Онон кэмигэр тугу эрэ туоһулуу сатыыр, судьуйалары кытта аахсар оруна суох этэ. Мин санаабар, сарсыныгар 5 тыһыынча килэмиэтиргэ кыайбытым ити устуоруйаны быдан сымнатар, уоскутар. Ити түгэн успуорт биир көстүүтэ буоллаҕа.
– Ийэҥ күрэхтэһиилэргэр мэлдьи сылдьар дуо?
– Оҕо кэмҥэр ийэҥ аттыгар баара күүс-көмө буолар этэ. Кэлин олус долгуйар буолан, сылдьааччыта суох. Санаан көрдөххө, улахан түһүлгэҕэ тахсыбыт оҕотугар кини тугунан көмөлөһүөй? Бороҕоҥҥо буолбут түгэҥҥэ кини ийэлии инистиинэ баһыйдаҕа. Кини оннугар хайа баҕарар ийэ охтон эрэр оҕотугар көмөлөһөр баҕаттан сүүрэр суолга тахсыа эбитэ буолуо. Итинник түбэлтэ аан дойду успуордун устуоруйатыгар элбэх.
– Үүттээх чэйи астына иһэриҥ дьиҥнээх саханы кытта кэпсэтэ олорор курдук санааны иҥэрэр…
– Олус сөбүлүүр утаҕым. Дьиктитэ диэн, үүттээх чэйи истэхпинэ, саахары сиэбэппин. Дьиҥэр, олус минньигэһимсэхпин.
– Саха сиригэр кэлиҥҥи кэмҥэ ордук саастаах дьон сүүрүүнэн үлүһүйэр буолла. Ити төрүөтүн туохха көрөҕүн? Уонна саҥа саҕалааччыларга тугу сүбэлиэҥ этэй?
– Олох укулаата уларыйдаҕа. Урукку өттүгэр дьон эт-хаан өтүнэн дьарыктааҕа. Бэйэм эһэлээх эбэм хара туруохтарыттан утуйуохтарыгар диэри тохтообокко сүпсүгүрэллэрэ. Куоракка даҕаны дьон үлэтэ-хамнаһа элбэх буоллаҕа. Сүүрбэ сылтан бэттэх дьон олоҕо чэпчээтэ, сайынна, уларыйда. Оттон эт-сиин ноҕоруускаҕа наадыйара оннунан хаалла. Онон дьон иллэҥсийбиччэ, дьарык булунар, саалаҕа кэлэр. Ону Дьокуускайга элбэх ахсааннаах фитнес-кииннэр, саалалар да баар буолбуттара туоһулуур. Бэйэм аймахтарбын да кэтээн көрдөхпүнэ, хайаан да туохха эрэ кытталлар, тугунан эрэ дьарыктаналлар.
– 40 саас кэнниттэн сүүрэр сэрэхтээҕин этэллэр. Хайдаҕый?
– Мин санаабар, ити – оруна суох этии. Бастатан туран, туохха барытыгар ортотун булар наада. Холобур, сүүрэртэн буолбакка, хамсаныы аҕыйаҕыттан биитэр эт-сиин ситэ ирбэтэҕиттэн, быччыҥ эрчиллибэтэҕиттэн атах биитэр сис ыалдьар буолуон сөп. Ол иһин аҥаардас сүүрбэккэ, уопсай физическэй туругу бөҕөргөтүүнэн дьарыктаныахха наада. Бары быччыҥы сымнатан эрэ баран сүүрүөххэ наада. Таба дьарыктаннахха, сүүрүү туох да буортуну оҥорбот. Уонна тириэньэр сүбэтинэн ылсарга сүбэлиэм этэ. Учууталлыы сылдьыбыт уопуппуттан ыллахха, оҕолору кытта дьарыктанарга бириэмэ 90 бырыһыанын уопсай эти-сиини бөҕөргөтүүгэ аныыр этим. Дьарыктанары таһынан аһылыкка болҕомтону ууруохха, эрэсиими тутуһуохха наада. Түмүгү көрө охсорго ыксаабакка, уһун болдьохтоох үлэҕэ турунары өйдүүр суолталаах.
ОЛОХПУН КИНИЛИИН САЛҔЫАХПЫН БАҔАРАБЫН
– Бука, киһи бары ыйытан хал оҥордоҕо буолуо. Хаһан ыал буолар былааннааххыный?
– Дьэ, ол түһүмэххэ кэллим. Ким эрэ эрдэ ыал буолар, ким эрэ хойут сананар. Сүрүнэ, бэйэ киһитин көрсүөххэ наада. Талан ылбыт кэрэ аҥаарым Мурманскай уобаластан төрүттээх. Айти эйгэтигэр үлэлиир, харбааһынынан дьарыктанар. Олоҕу, дьиэ кэргэн сыаннастарын көрүүбүт майгыннаһар. Миэхэ сыһыанын, өйөбүлүн, хаһаайка быһыытынан кыһамньытын, сатабылын сыаналыыбын, тас көрүҥүн, майгытын кэрэхсиибин. Кинини кытта салгыы олоруом этэ диэн быһаарынным. Онон Саҥа дьылга диэри саахсаланыахпыт.
– Ис сүрэхтэн эҕэрдэ буоллун! Социальнай ситимҥэ ол үөрүүлээх түгэни кэтэһэбит. Балтыҥ Ньургуйаана ханна тиийдэ? Сүүрэр дуо?
– Кинини кылгатан Яна диибит. Биһиги ыаллыы олоробут. Балтым идэтин уларытан, парикмахер-визажист буолбута. Сүүрүүтүн балачча уһун кэмҥэ тохтото сылдьан баран, хат төннөн, сөргүтэн эрэр.
– Дьэ, бэрт! Кини эмиэ ситиһиилэринэн үөрдүө диэн эрэнэбит. Түмүккэ биир дойдулаахтаргар тугу баҕарыаҥ этэй?
– Бастатан туран, бэйэ дьарыгын булуналларыгар баҕарабын. Билэр дьоммуттан элбэх киһи аан дойду устун айаҥҥа туруннулар. Ким эрэ сүүрэр, ким эрэ ааҕар буолла. Хайа да дьарыкка тургутуулар баар буолаллар. Олортон дьулайбакка, иннин хоту баран иһэллэригэр, олохтон толору үөрэллэригэр баҕарабын.
Уйаара КУСТУК кэпсэттэ