Аттаах айанньыттар Монголияҕа киирдилэр

 

Хаартыска: телеграм-ханаалтан.

Саха сирэ хаһыат сайтыгар суруллубутунан, Ангелина Васильева иһитиннэриитинэн ыҥыыр атынан Монголияҕа баран иһэр айанньыттар Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков сэтинньи 11 күнүгэр Улан-Батор куоракка тиийдилэр. Кинилэр аттарын кыраныысса таһыгар хаалларарга күһэлиннилэр.

Хаартыска: телеграм-ханаалтан.

Айанньыттар түөрт атынан Сунтаар Хаданыттан атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыраах айаҥҥа туруммуттара. Үс ый кэриҥэ айаннаан, ыҥыыр атынан 2,5 тыһыынча кэриҥэ килэмиэтири баран, сис ойуурдары, хайалары, өрүстэри туораан, Монголия кыраныыссатыгар кэлбиттэрэ. Ол эрээри, аттарын кыраныысса таһыгар хаалларарга күһэлиннилэр. Хата, Кяхта куоракка көрөр-истэр киһини булан, хааллардылар.

Сылгылары Монголияҕа киллэрэргэ элбэх докумуон, ыспыраапка ирдэнэр эбит, маны оҥорторорго бириэмэ бөҕө барыыһы. Ол иһин аттарын хаалларан баран, бэйэлэрэ массыынанан Монголия киин куората Улан-Баторга тиийэргэ соруннулар.

Монголияҕа киирэргэ туох да ыҥырыы ирдэммэт. Кыраныысса таһынааҕы пааспары, мэдиссиинэ страховкатын көрдөрдүҥ, кыра пошлина төлөөтүҥ да, киирэҕин. Бурятия олохтоохторо үгүстүк сылдьаллар. Онон айанньыттарбыт таможняҕа биэс бэрэбиэркэни ааһан, этэҥҥэ туораатылар.

 

Хаартыска: телеграм-ханаалтан.

Аара Сухбаатар, Дархан куоракка сылдьан, Дацан куоракка хоннулар, маҕаһыыннарга, ырыынакка сырыттылар. Кинилэри Бурятиятааҕы доҕотторо илдьэн иһэллэр. Сахалыы, бүрээттии ырыалары ыллыы-ыллыы айанныыллар. Суоллара аспаал, олус көнө, үчүгэй. «Урут истиэпкэ буор суол эрдэҕинэ, быыла бурҕайан олорор этэ», — диэн суоппар кэпсиир. Биир куоракка сылдьан, Бурятияҕа хонон-өрөөн ааспыт дьоннорун көрсөн, үөрүү-көтүү бөҕө буоллулар.

Киэҥ кэйээр (истиэп) улуу дуолугар быыһа суох үгүс сүөһү, сылгы, бараан үөрэ мэччийэ сылдьарын көрөн, сөрү диэн сөхтүлэр. Сүүһүнэн тыһыынча сүөһү көстөр. Монголия этинэн-үүтүнэн бэйэтин хааччынар эрэ буолбатах, тас дойдуларга эмиэ таһаарар. Ол да иһин кыраныысса тас өттүттэн ыарыыны киллэриэхтэрэ диэн, сылгыны-сүөһүнү киллэрии кытаанахтык хонтуруолланар эбит.

«Бүгүн Улан-Баторга тиийэн,сынньана түһэн баран, улуу Чингисхан пааматынньыгар, о.д.а. кэрэ-бэлиэ сирдэргэ сылдьыахтара. Саха сиригэр массыынанан төннөргө былаанныыллар».