Глава Якутии Айсен Николаев поздравляет с Днём Государственного флага Российской Федерации

Уважаемые якутяне!

От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично сердечно поздравляю вас с Днём Государственного флага Российской Федерации!

22 августа 1991 года овеянный славой бело-сине-красный стяг был признан официальным флагом Российской Федерации. Наш триколор как один из главных почитаемых символов государства олицетворяет силу и независимость нашего Отечества, сопровождает нас во всех значимых событиях и напоминает о великом историческом наследии, в сохранение и приумножение которого своим созидательным трудом и доблестью внесло и вносит свой достойный вклад каждое поколение россиян.

И в наше время государственный флаг выражает непоколебимость духа многонационального народа Российской Федерации, нашу силу и уверенность в своей стране. Якутия как крупнейший регион страны динамично развивается, добиваясь высоких показателей в социальном развитии, экономике. Численность жителей растет, в прошлом году превысил 1 млн человек. У нас каждая пятая семья – многодетная, по рождаемости наша республика первая на Дальнем Востоке и восьмая в России.

Сегодня под трёхцветным стягом якутяне вместе со всей страной мужественно отстаивают будущее России и мира от нацизма. Наши враги всеми силами пытаются навязать нам чуждую идеологию, пытаясь отстранить нас от многих событий в мире, попираются даже принципы олимпийского движения – флаг нашей Родины не был представлен на играх. Но мы твердо убеждены в незыблемости своих вековых ценностей и традиций. Именно Россия сейчас стала символом возрождения настоящей культуры, патриотизма и героизма.

Уверен, под нашим флагом мы одержим сокрушительную Победу, и будем дальше строить свое независимое, процветающее, сильное государство. Пусть государственный флаг всегда напоминает нам о нашей ответственности за мир и справедливость, вдохновляет на благие дела во славу любимой России.

В этот знаменательный день желаю мира и добра, крепкого здоровья, успехов во имя стабильности и развития родной земли, счастья и благополучия!

 

Глава Республики Саха (Якутия)                  Айсен Николаев

 

 

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Россия Федерациятын Судаарыстыбаннай былааҕын күнүнэн эҕэрдэлиир

 

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Россия Федерациятын Судаарыстыбаннай былааҕын күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

1991 сыл атырдьах ыйын 22 күнүгэр үс өҥнөөх былаах Россия Федерациятын дьиҥ таһымнаах былааҕынан билиниллибитэ. Биһиги үс өҥнөөх былаахпыт судаарыстыба сүрүн бэлиэлэриттэн биирдэстэрин быһыытынан Аҕа дойдубут күүһүн уонна тутулуга суоҕун туоһулуур, олохпутугар буолар суолталаах түгэннэргэ арыаллыыр, олорон ааспыт аҕа көлүөнэ уонна аныгы көлүөнэ дьон килбиэннээх үлэлэринэн уонна хорсун охсуһууларынан сүдү кылааттарын киллэрбит улууканнаах устуоруйабытын кэрэһилиир.

Бүгүн судаарыстыбаннай былаахпыт Россия Федерациятын элбэх омуктаах норуотун модун санаатын уонна сарсыҥҥы күҥҥэ бигэ эрэллээҕин көрдөрөр. Саха сирэ дойдубут биир бөдөҥ эрэгийиэнин быһыытынан социальнай сайдыы уонна экэниэмикэ эйгэлэригэр үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэн тэтимнээхтик сайдар, нэһилиэнньэ ахсаана улаатан, ааспыт сылга 1 мөл киһини куоһарбыта. Биһиги эрэгийиэммит оҕо төрөөһүнүнэн Уһук Илиҥҥэ бастакы, Россияҕа – ахсыс, оттон хас биирдии бэһис дьиэ кэргэммит – элбэх оҕолоох.

Бүгүн үс өҥнөөх былаахпытын күөрэччи тутан Саха сирин олохтоохторо дойдубут бүттүүнүн кытта Улуу Россиябыт уонна Аан дойдубут кэскилин нацизмтан туруулаһан көмүскүүллэр. Өстөөхтөрбүт туора өйү-санааны, идеологияны соҥноон, аан дойдуга буолар уларыйыылартан туората сатыыллар. Оннооҕор Олимпиада бириинсиптэрэ тэпсиллэн, оонньууларга биһиги Ийэ дойдубут былааҕа бобуллубута. Ол эрээри биһиги үйэлээх сыаннастарбыт уонна үтүө үгэстэрбит халбаҥнаабаттарыгар бигэ эрэллээхпит. Бүгүн Россия дьиҥнээх култуура, патриотизм уонна геройдуу быһыы тиллиитин кэрэһилиир.

Былаахпытын күөрэччи тутан Кыайыыга тиийиэхпит уонна тутулуга суох, чэчирии сайдар күүстээх судаарыстыбаны салгыы тутуохпут диэн бигэ эрэллээхпин. Судаарыстыбаннай былаахпыт эйэлээх халлааны, дойдубут бигэ туруктаах, чэлгийэ сайдыбыт олоҕун кэрэһилии, тапталлаах Россиябыт саргылаах сарсыҥҥытын туһугар эппиэтинэспитин мэлдьи саната туруохтун.

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Бу бэлиэ күн барыгытыгар кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну, этэҥҥэ буолууну, ситиһиини, уйгуну баҕарабын!

 

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана                     Айсен Николаев