Мин Бүлүүтээҕи педучилищены бүтэрэн, бастаан Күп нэһилиэгэр «Мичил» уһуйааныгар үлэбин саҕалаабытым. Онтон, Эдьээн нэһилиэгэр кэлэн, «Кэнчээри» уһуйааныгар күн бүгүҥҥэ диэри бэриниилээхтик үлэ үөһүгэр сылдьабын.
«Кэнчээри» уһуйааҥҥа икки бөлөҕүнэн барыта 33 оҕо сылдьар. Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго чабырҕах, тойук, таабырын, остуоруйа, олоҥхо курдук норуот айымньыларын үөрэтэрим таһынан, үҥкүү кэрэ эйгэтигэр эмиэ уһуйабын. Уһуйаан иһинэн ыытыллар тэрээһиннэр үҥкүүтэ суох ааспаттар. Оҕо саамай таптыыр уонна сөбүлүүр дьарыга — үҥкүү. Хайа баҕарар оҕо муусуканан, үөрэ-көтө эрчимнээх хамсаныылары толорорун олус сөбүлүүр, онтон эстетическэй дуоһуйууну ылар. Мин санаабар, үҥкүү киэҥ иитэр суолталаах. Ол курдук, үҥкүлүүр оҕо тутта-хапта сылдьара бэрээдэктээх, хомуллугас, фантазията баай буола улаатар, билиитэ-көрүүтэ үрдүүр. Үҥкүлүүр, ол аата элбэхтик хамсанар-имсэнэр, сүүрэр-көтөр, ойор-ыстанар, эт-хаан өттүнэн сайдар. «Уҥа бардыбыт», «Хаҥас бардыбыт», «Ортоку», «Инники», «Кэнники» уо.д.а. хайысхалары быһаара үөрэнэр. Аны ахсааны истэргэ, иһигэр ахсааны ааҕарга, муусука тэтимин арааран истэргэ үөрэнэр. Ону таһынан, оҕо тыл, эт-хаан өттүнэн сайдыыта, оҕо доруобуйата чэбдигирэрэ саарбахтаммат. Кыргыттар нарыннык, уолаттар дьоһуннаахтык, эрчимнээхтик тутта-хапта сылдьалларын кыра эрдэхтэриттэн быһааран, өйдөтөн биэрэр ордук. Аны туран, оҕолор үҥкүүттэн улахан дуоһуйууну ылаллар, араас дьэрэкээн дьүһүннээх таҥастары, көстүүмнэри кэттэхтэринэ, санаалара көтөҕүллэр, сирэйдэрэ сырдыыр. Араас күрэхтэргэ, кэнсиэрдэргэ төрөппүт көмөтө улахан оруоллаах. Ол курдук, хас биирдии оҕо айылҕаттан талааннаах — ону салайан, сайыннаран эрэ биэриэххэ наада. Үҥкүлүүрү сатаабат, таптаабат оҕо диэн суох.
Кэлэр кэнчээри ыччаппыт элбэҕи ситиһэрин, кэрэҕэ-сырдыкка дьулуһарын, доруобуйатын тупсарарын, чөл олоххо тардыһыылаах буоларын ситиһэргэ иитии – биһиги, иитээччилэр, инники сыалбыт.
Саргылаана Винокурова,
Эдьээн, “Кэнчээри” уһуйаан иитээччитэ