Сахалыы иитии саргыланнын!

Сахалыы иитиилээх оҕо бары өттүнэн сайдыылаах, билиитэ-көрүүтэ муҥура суох, бэйэтин норуотун духуобунай баайын баhылаабыт үрдүк аналлаах киhи буолар.

Үөрэхтээхтэр оҕо күн сирин көрөөт да иитиллэн-сайдан барар дииллэр. Ол аата ийэ барахсан тоҕус ыйы быhа иhин түгэҕэр иитиэхтээн баран, эмиийин үүтүнэн эмсэхтээн, бүөбэйдээн, оҕотун сүhүөҕэр туруоран дьон, уопсастыба кэккэтигэр киллэрэр. Онон, хас биирдиибит бастакы иитээччибитинэн ийэбит буолар. Дьиэ кэргэҥҥэ ийэ, аҕа иитиитэ тэҥҥэ тутуллуох тустаах. Саха ыала саамай күүстээх иитэр ньымата — ийэлээх аҕа бэйэ-бэйэлэригэр, онтон сиэттэрэн оҕолоругар амарах сыhыаннарын дьайыыта. Саха оҕото иитиллэр сүрүн уратыта — көрөн-истэн, үтүктэн, бэйэ холобуругар иитиллиитэ буолар.

Саха киhитигэр итэҕэл олус күүстээх иитэр ньыма. Саха олоҕо уоттан саҕылларын быhыытынан, уот иччитин ытыктыырга киниэхэ итэҕэл кыра эрдэҕиттэн иҥэриллэр. Ону тэҥэ, айылҕа, сир, эбэ иччилэригэр сүгүрүйүү билиҥҥэ диэри дириҥ ис хоhоонноох. Оҕону итэҕэлгэ иитии сиэр-майгы өттүнэн иитиллиини кытта ыкса сибээстээх. Киhи сиэри–туому, үгэстэри тутуhар, убаастыыр буоллаҕына кини кута-сүрэ, ол аата тулалыыр эйгэтэ чөл буолар. Бу итэҕэли сокуонунан оҕоҕо кыра, итэҕийимтиэ эрдэҕинэ иитэр көдьүүстээх.

Саха оҕото кыра сааhыттан норуот төрүт култууратын, мындыр өйүн, уран тарбаҕын, кылыhахтаах куолаhын этигэр-хааныгар иҥэринэн сайдыылаах киhи буола үүнэн тахсыахтаах. Ол инниттэн оҕону кыра сааhыттан үөрэтии, такайыы ыытыллар.

Күп нэһилиэгэ Уус-Маайа улууһугар сахалыы саҥарар нэhилиэнньэлээх биир улахан нэhилиэк. Төhө да элбэх ахсааны сүрүннээн нуучча нэhилиэнньэтэ ыллар, оҕолорбут сахалыы сиэри-туому тутуhа үөрэнэллэр. Күп оскуола-уhуйаанын иитээччилэрэ ураты суоллаах-иистээх, киэҥ фантазиялаах, саҥаттан-саҥаны олоххо киллэрэр үгүс былааннаахтар. Кинилэр саха оҕото кыра сааhыттан омук быhыытынан иитиллэн тахсарыгар улахан болҕомтолорун уураллар. Үөрэхтээhин саҥа систиэмэтэ үлэҕэ киирбитинэн региональнай компонент 40% ылан оҕолорбутун сахалыы эйгэҕэ иитэбит, сахалыы тылынан кэпсэтэбит. Манна барыта үс түhүлгэни ылсан үлэлэтэбит.

Ийэ тыл түhүлгэтэ — манна фольклор бары көрүнэ, олоҥхо киирэллэр. Оҕолору уопсай фольклорга билиhиннэрии барар. Оҕо толору сахалыы куттаах эйгэҕэ олоҥхону кытта билсэн, этинэн-хаанынан иҥэринэн, ылынан улааппыт оҕо өйдөөн истэр дьоҕура сайдар, олоҥхо тылыгар-өhүгэр интэриэhэ уhуктар, ырааҕы толкуйдуур, тулуурдаах, киэҥ көҕүстээх буола улаатар. Толору эйгэҕэ оҕо олоҥхоҕо эрэ буолбакка, сахалыы сиэрдээх буолууга, үтүө үгэстэри тутуhарга, алгыс иҥэринэн саха фольклорун барытын билэн, улаатан тахсар. Ыhыахха бары национальнай таҥаhы таҥнабыт, түhүлгэҕэ олорон сахалыы аhы аhыыбыт, сахалыы оонньууларга күрэхтэhии тэрийэбит.

Оонньуур түhүлгэ — манна сахалыы оонньуулар, спорт араас көрүҥнэрэ оҕону сайыннараллар. Сахалыы остуол оонньууларын: тыксааны, хабылыгы, хаамысканы оонньотуу көдьүүстээх буолар. Оҕону кыра сааhыттан оонньууга сыhыарар сыалтан сахалыы остуол оонньууларын толкуйдаан оҥоробут. Оҕолор олус интэриэhиргииллэр, умсугуйан оонньууллар. Оонньуу кэмигэр оҕо саҥарар саҥата, толкуйдуур дьоҕура, бытархай былчыҥнара тэҥҥэ сайдаллар. Бултуур сиэри-туому тутуhарга анаан «Байанай»,  көрдөөх аралдьыйыы «Танха»  киэhэлэрэ ыытыллаллар.

Оhуохай түhүлгэтэ — уhуйааммытыгар нэдиэлэҕэ биирдэ бэнидиэнньик ахсын үгэскэ кубулуйбут оhуохай күнэ ыытыллар. Оhуохайдыах иннинэ оҕолору уоскутуллар, турукка киллэриллэр, сөпкө тыыныыга дьарык ыытыллар. Хара маҥнайгыттан оҕоҕо болҕомто ууруллар, илиитин, атаҕын төhө сөпкө тутарын кэтээн көрүллэр. Оҕо аҕыйах да тылы оhуохай матыыбыгар ыллаатаҕына, бу улахан ситиhии буолар. Уhуйуу барыта оҕону сылаппат курдук ыытыллар.

Уhуйаан саастаах оҕо бэйэтин айылҕатын аhаҕаhын, барытын түргэнник ылынарын, кэтээн көрөрүн, үтүктэр кэмнэрин табатык туhаныахтаахпыт. Кини  кыра сааhыттан чөл туруктаах, олоххо бигэ тирэхтээх буоларыгар анаан алҕаан, арчылаан, тускуну туhаайан сырдыгы түстүүбүт. Аныгы тэтимнээх үйэҕэ саха буоларбытын умнубакка кырачааннарбытын норуот тылыгар-өhүгэр, сиэригэр-туомугар, култууратыгар уhуйабыт

Матрена Кучутова,

Күп оскуола-уһуйаанын иитээччитэ