Күүтүүлээх идэһэ кэмэ чугаан иһэр. Былыргы сахалар сэтинньи бастакы уон күнүн иһигэр идэһэни тутталлара. Ол иннинэ сүөһү түүтүн кырыйан ылан, суораттаах иһиккэ кутан, үс хонук устата хотоҥҥо туруораллара, онтон ылан сүөһү көхсүгэр сотон, көрдөһөн баран биирдэ өлөрөллөр эбит. Ону тэҥэ дьиэлээхтэр атын дьону отой көмөлөһүннэрбэккэ, бэйэлэрэ идэһэни дьаһайаллара. Сиэр-туом үгэстэрин таһынан, сүөһү иһин, этин ааттарын уонна онтон бүлүүдэлэри биһиги төһө билэбитий?