Эдьээн нэһилиэгэр олорбут үөрэммит дьон ахтыылара

Эдьээн олохтооҕо Михаил Дмитриевич Винокуров – Миток тус архыыбыттан хомуйан бэлэмнээтэ Лидия Попова

Андреев Захар Дмитриевич:

«Уус-Маайа оройуонугар Күптээх Эдьээн ыччаттарын бастакы үөрэхтээhин Эдьээҥҥэ 1924 сыллаахха күhүн саҕаламмыта. 1924-1925 үөрэх сылыгар оскуола Хайаҕа Охоноон дьиэтигэр аhыллыбыта.  Үөрэнээччилэр үксүлэрэ сиппит-хоппут уолаттар, кыргыттар этилэр.

Мин 1-кы учууталым Петров Федор Михайлович (куораттан төрүттээх) эдэр киhи этэ. Олохтоохтор «иирбит учуутал кэлбит, оҕолору дэлби сүүрдэр-көтүтэр, мэнигилэтэр» дииллэрэ.

Учуутал үөрэхтээhини сэргэ олох хаалынньаҥнарын, итэҕэли утары үлэни кытта ыытара. Биирдэ Федор Михайлович олохтоох оҕолорго өтүү аҕалалларыгар эппитэ. Сарсыныгар оҕолор өтүүлэри аҕалбыттара. Таҥара дьиэтигэр барбыппыт, болдьоспуттара буолуо «Соморсо Сыата» таҥара дьиэтин кэриэhин кэрдэ турар эбит. Өтүүнү киниэхэ биэрдилэр, кини кэриэhи кэлгийдэ. Алларааттан өтүүнү соhо тардан, кэриэhи түhэрдилэр, онтукпут түhэрэрбитигэр үлтүрүйдэ. Олус улахан мас кириэс этэ. Олохтоох Уйбаан Уус оҥорбута үhү. «Аньыытыгар хараҕа суох буолбута үhү» дииллэрэ.

Атын бириэмэҕэ сүгэ аҕаларга учуутал эппитэ, сарсыныгар уолаттар сүгэлээх кэлбиттэрэ. Хайа өтөхтөрүгэр кэрэхтэр бааллара. Аны Федор Михайлович кэрэхтэри кэртэрдэ. Эдьээттэр таҥараhыттар (таҥараны итэҕэйэр) эбиттэр этэ. Кэрэҕи суулларан урут киhи өлбүтүн эҥин кэпсэл оҥостоллоро.

Таҥара дьиэтэ толору тэриллээҕэ да, үлэлээбэт этэ. Олохтоохтор таҥара дьиэтин кэриэhэ суулларыллыбытын, кэрэхтэр да алдьатыллыбыттарын сөбүлээбэттэр этэ. Аҕабыыттар эрдэ эстибиттэрэ. Петропавловскайга Сэмэн аҕабыыт, омугунан нуучча олорбута. Былыргы таҥара күннэригэр ыаллар ыллаталлара үhү. Аҕабыыт «эмтээх ууну” иhэрдэрэ, онон ыhара. «Таҥара аhынан» (сылааткай пирокка маарынныыр барыанньалаах бурдук ас) аhатара, ыаллары кэрийэн үп-ас, харчы тардара үhү. Сэмэн аҕабыыт толору таҥастааҕа үhү.

Үөрэнэрбит иккис сылыгар Тит Софронов үлэлээбитэ. Бааhынай кэргэннээҕэ, оҕолордооҕо, кэргэнин аймахтара бааллара. Тит Софронов элбэх сылгылааҕа, сүүрүк, сэлиик аттардааҕа. Үрэх мууhа турбутун кэннэ арыт ыҥыыр атынан, арыт кашовкаҕа көлүйэн үрэҕинэн төттөрү-таары хатааhылыыра, дьонун күүлэйдэтэрэ. Биир сыл үлэлээн баран көhөн барбыттара.

4-с кылааhы 1928-1929 үөрэх сылыгар Хочоҕо саҥа оскуолаҕа бүтэрбиппит. Ол дьыл саҥа үрдүк үөрэҕи бүтэрбит Максимов Николай сэбиэдиссэйдээбитэ, Васильев Федот Васильевич—рядовой учуутал, иккиэн эдэркээн уолаттар Дьарааhыттарга олорбуттара. Оскуола оҕото 40-ча эбитэ буолуо. Ыраахтан кэлбит оҕолор чааhынай ыалга олорон үөрэммиппит.

4-с кылааhы Күптээх Эдьээн кыттыhан туппут саҥа оскуола дьиэтигэр бүтэрбиппит. Онтон Күптээҕи оскуоланы туппуттара. Тутууну бастаан Атласов Иван Николаевич—олохтоох уус, онтон Апросимов Филипп Васильевич (Күп олохтооҕо) прорабтаабыттара.

Оскуола тутуута, оччотооҕу техника суоҕар, барыта илии, ат, оҕус күүhүнэн, олохтоохторго түhээн быhыытынан олус түргэнник, кылгас кэмҥэ ыытыллыбыта.

1928-29 үөрэх сылыгар 4-с кылааhы бүтэрбиппит: 1. Андреев Захар Дмитриевич.

  1. Атласов Гаврил Афанасьевич (пионер баhаатайдаабыта, сытыы-хотуу, үчүгэйдик үөрэнэрэ, кэлин куоракка педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан өлбүтэ). 3. Атласов Роман Иванович. 4. Данилов Алексей Петрович. 5. Миронов Дмитрий Иванович. 6. Винокурова (Захарова) Акулина Николаевна. 7. Михайлов Петр Николаевич – Охотскайга көспүтэ, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр өлбүтэ. 8. Прокопьева Варвара Гаврильевна”.

( 6-VI-1975сыл).

Атласова Федосия Николаевна ахтыыта:

“1929-1930 сыллардааҕы үөрэх сылыгар IV-с кылааhы бүтэрбиппит:

  1. Атласов Роман Алексеевич (кэнники Аҕа Дойду сэриитигэр сылдьыбыт сэрии ветерана) 2. Атласова Федосия Николаевна. 3. Винокуров Илья Егорович. 4. Давыдов Прокопий Петрович. 5. Дьячковскай Гаврил Григорьевич. 6. Ефремов Николай Семенович– куоракка педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан өлбүтэ. 7. Илларионова Акулина Матвеевна– куоракка педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан өлбүтэ. 8. Конников Дмитрий Петрович– куоракка педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан өлбүтэ. 9. Миронов Дмитрий Иванович. 10. Миронов Роман Иванович — куоракка өлбүтэ. 11. Ягодин Александр Николаевич.

Асламова Любовь Александровнакырдьаҕас учуутал биир сыл үөрэппитэ.

Кини аймаҕа кыыс – Васильева Елизавета Васильевна эмиэ биhигини кытта үөрэммитэ. Кэнники Петропавловскай киhитигэр – Сидоровка кэргэн тахсан олорбута.

 (Атырдьах ыйа 1975 сыл).

 

Винокурова (Попова) Варвара Николаевна ахтыыта

“Мин үɵрэммит учууталларым Готовцев Иннокентий, Малышев, Петухов диэн этилэрэ. Мин үɵрэнэр кэммэр үɵрэммиттэрэ:

  1. Абрамов Василий Тарасович. 2. Абрамова Мария Тарасовна. 3. Атласова Анастасия Федоровна. 4. Атласова Дария Федоровна. 5. Атласова Марфа Федоровна. 6. Атласова Мотрена Петровна. 7. Винокурова Варвара Николаевна (бэйэм). 8. Винокурова Марфа Егоровна. 9. Винокуров Николай Афанасьевич. 10. Винокуров Семен Афанасьевич. 11. Винокурова Христина Николаевна. 12. Захарова Аграфена Михайловна. 13. Иванов Иван Афанасьевич. 15. Иванова Марфа Самуиловна. 16. Иванов Петр Афанасьевич. 17. Иванова Федорова Ионовна. 18. Исаков Гаврил Еремеевич. 19. Исаков Лаврентий Еремеевич. 20. Кириллина Екатерина Николаевна. 21. Конникова Александра Дмитриевна. 22. Прокопьев Евдокия Ивановна»

(Сэтинньи 1975 сыл).

(Салгыыта бэчээттэниэ)