Эдьээҥҥэ саҥа кинигэни сүрэхтээтилэр

Эдьээҥҥэ балаҕан ыйын17 -с күнүгэр биир бэлиэ үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста. Бу күн 1973  сыллаахха Эдьээҥҥэ Ирина Макаровна Винокурова саха тылын уонна литературатын учууталынан ананан кэлбит күнүгэр сөп түбэһиннэрэн, «Эдьээним хоһуун дьоно» диэн биир дойдулаахтарын туһунан суруйбут дириҥ ис  хоһоонноох кинигэтин сүрэхтэниитэ буолан ааста.

Бу үөрүүлээх күнү ааптар кыыһа Саргылана Николаевна Попова тэрийэн ыытта. Кини саха народнай поэта Семен Данилов «Кэс тыл» диэн хоһоонунан  саҕалаабыта, кинигэ  ис хоһоонунан киһи бу сиргэ  туох эрэ кэрэни, үйэлээҕи бар дьонугар хаалларыахтааҕын, оччоҕо кэлэр  кэнчээри ыччатыгар кэрэтик ахтыллыахтааҕын туһунан дириҥ ис хоһоонноох строкалары мустубут дьон чуумпуран олорон иһиттилэр.

Онтон «Биракан»үҥкүү коллектива (Анастасия Винокурова салайааччылаах) саха үҥкүүтүн толордулар.

Кинигэ ааптара Ирина Макаровна, сүүрбэ биэс сыл устата улуус хаһыатын сахалыы балаһатыгар нэһилиэгин дьонун сырдаппыт 200-н тахса ыстатыйаларын түмэн, кинигэ буолан тахсыбытын туһунан сиһилии долгуйан  олорон кэпсээтэ. Кинигэ сүрүн геройдарынан буоллаллар: үйэ аҥарын устата алтыспыт ытыктыыр дьоно-сэргэтэ, хоһуун-хоодуот  булчуттар, уоттаах сэрии кыттыылаахтара, герой ийэлэр, тыа сирин үлэһит дьоно.

Кэлбит дьон Ирина Макаровнаҕа өр сыллаах үлэтигэр махтанан туран, өссө да айа-тута турарыгар баҕа санааларын эттилэр, сэмэй бэлэхтэрин туттардылар, кытаатах доруобуйаны, дьоллоох олоҕу баҕардылар.

Евсей Лугинов