Кэнчээри уhуйаанҥа сахалыы иитии туhунан

Эдьээн бөhүөлэгэр сахалар, эбэҥкилэр Алдан эбэ кытылынан олохсуйан олороллор. Үөрэх хайысхатынан уhуйаан, оскуола оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн сахалыы, эбэҥкилии тыыннаах үөрэтэргэ, иитэргэ дьулуhабыт.

Ол курдук, «Кэнчээри» уhуйаан кыра бөлөҕөр Тамара Семёновна Протодьяконова уонна Саргылана Иннокентьевна Винокурова иитээччинэн үлэлииллэр. Буоларын курдук, уhуйаан иhинэн уонна нэhилиэккэ ыытыллар бары тэрээһиннэргэ иитээччилэрбитин көхтөөхтүк кытыннарабыт. Сылын ахсын ыытыллар Байанай, хомус, олоҥхо, сахалыы сурук-бичик, ньургуhун, оҕо көмүскэлин, ыhыах күннэрэ үгэскэ кубулуйдулар. Уһуйаан хас биирдии тэрээһинигэр төрөппүт ыкса биир сүбэнэн үлэлэһэриттэн махталбыт муҥура суох. Халандаарынай былаан быһыытынан (региональнай компонент) оҕолорго сахалыы, эбэҥкилии тылынан төрүт өбүгэлэрбит олохторун-дьаhахтарын билиhиннэрэбит, хаамыска, хабылык курдук өбүгэ оонньууларыгар уhуйабыт.

Уhуйааммытыгар үлэhиттэр, төрөппүттэр көмөлөрүнэн сахалыы, эбэҥкилии тыыннаах дьоҕус түмэли тэрийэн тигинэччи үлэлэтэбит. Түмэлгэ өбүгэлэрбит туттубут тээбириннэрэ, иhиттэрэ-хомуостара, музыкальнай инструменнара, таҥныбыт таҥастара, балыктыыр, бултуур тэриллэрэ уо.д.а. экспэнээт быһыытынан тураллар. оҕолорбутугар билиhиннэрээри Уһуйаан үлэhитэ Саргылаана Данилова 1905 сыллаахха Эдьээн нэhилиэгэр Уссурийский тигр кэлбит историятын пластилин нөҥүө тиһэн оҥорбут макета оҕо болҕомтотун тардар. Өссө даҕаны түмэлбитин кэҥэтэн, кырачааннарбытыгар өбүгэлэрбит олохторун-дьаhахтарын кэпсии, үөрэтэ турар санаалаахпыт. Кэнчээри ыччакка иитии үлэтин түмэл нөҥүө ньыманан сайыннаран, сахалыы куттаах-тыыннаах туhа дьону улаатыннарар саарбахтаммат.

Тамара Протодьяконова,

«Кэнчээри» уhуйаан иитээччитэ, Эдьээн