Үрдүк кытыл үрдүттэн Алдан эбэ барахсаны кыһыннары-сайыннары кэрэхсии одуулуур Чараҥ олохтоохторо Саҥа дьылы көрсөр тэрээһиннэр түбүктэригэр куустаран олорор дьикти кэмнэрэ. Биһиги кыракый дэриэбинэбит кулуубугар баал-маскараат буолар сураҕа эрдэттэн иһиллибитэ. Онон, сарсыардаттан сүпсүлгэн. Харыйаны киэргэтии – эдэр ыччат үлэтэ. Үөрүү-көтүү, бэлэмнэнии! Бу кэлэн иһэр Саҥа дьыл түүнүттэн бары туох эрэ дьиктини, кэрэни күүтэр курдукпут.
Баал-маскараат саҕаланна! Кулууп иһэ тобус-толору киһи! Үҥкүү-битии, үөрүү-көтүү, күлүү-салыы. Биһиги, дьүөгэлиилэр, үлэбитин бүтэрэ-оһоро охсон баран, дьиэбитигэр тиийэн таҥнан-симэнэн, кулуупка кыратык хойутаан кэллибит. Омуммутун аһаран, саалаҕа киирэри кытары турар намыһах ыскамыайкаҕа олоро түстүбүт. Аттыбытыгар киһини түөһүн тылынан үрдүктээх матрёшканы туруорбуттар. Бу олорон мааскалары болҕойон көрдүбүт.
Барыларытьан ордуктара, биһиги көрдөөхпүтүнэ, «Кимэ биллибэт кэрэ дьахтар» эбит. Эчи таҥаһа-саба мааныта, быһыыта-таһаата үчүгэйэ! Үрдүк хобулуктаах, килбэчигэс лаахтаах хара түүппүлэлээх. Хара ажур чулкулаах. Илиилэригэр тоҥолоҕун ааһа барар уһун, чап-чараас, хара бэрчээккилээх. Ол саҕана ити барыта дьахтар аайы баар таҥас-сап буолбатах. Сирэйэ мааскалаах.
– Дамский вальс с хлопушками! – диэн музыканы холбооччу уол дорҕоонноохтук биллэрдэ.
Дьэ доҕоор, даамалар паараларын түргэн үлүгэрдик тала охсон, саалаҕа эргийэн киирдилэр. Били «Кимэ биллибэт кэрэ дьахтар» аэропорпут баар-суох тойонун, Гумер Каримовиһы, ойоҕун кытары үҥкүүлүү сылдьарыгар тиийэн, ытыһын таһынан, арааран ылла. Мааскабыт наскылдьыйан, күөгэлдьийэн, киһи эрэ хараҕа хатанар дьахтара. Суһуоҕун олус үчүгэй гына оҥотторбут. Өссө хара вуаллаах. Гумер Каримовичытын дьэ иккиэн да көстүүлээх паара буолан биэрдилэр. Күүстээх аҥаардарбыт кимэ биллибэт кэрэ дьахтартан харахтара олох арахпат. Мааскабыт арааһа уруккуттан Гумер Каримовиһы билэр быһыылаах, үҥкүүлүү сылдьан тугу эрэ сипсиһэллэр, эйэҕэвстик мичээрдэһэллэр. Силигин ситэрэн, дьахтар төбөтүн партнерын санныгар ууран ылар эҥин. Гумер Каримович тоҕо эрэ олус үөрэр-көтөр, сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ сүр. Дьэ дьикти! Аны туран Гумер Каримовичпыт ойоҕо туох эрэ диэтэ да, дьиэтигэр барардыы оҥоһунна. Кыыһырбыта, хоргуппута өтө көстөр. Эр киһи хайыай, хотун ойоҕор тиийэн көрдөһөн-ааттаһан ыыппата. Ойоҕо үөрэн сирэйэ сырдаата, харахтара мичийэ сандаарда уонна эмиэ үҥкүү, үөрүү ухханыгар оҕустаран, иккиэн үҥкүүлүү сылдьар дьон быыһыгар киирэн сүтэн хааллылар. Эр киһи ханнык элэ-была тылы этэн-тыынан, ойоҕун санаатын көнньүөрдүбүтүн ким билиэ баарай?
Онтон мин: » Бачча улахан матрёшканы манна тоҕо мэһэйдэтэ туруорбуттара буолла, бу кыараҕаска?» – диэн, сөбүлээбэккэбин үтүрүйэн көрдүм. Матрешка харахтарын оннулара хайаҕастаах эбит, онно тарбахпын уган көтөҕөн муннук диэки сыҕарытаары гыммытым, атын күтүр буолла, доҕор. Иһирдьэ тугу эрэ таарыйдым. Матрёшкам халбарыйан биэрдэ. Бай, иһигэр киһи баар эбит буолбаат! Эмиэ мааска турарын билбэтэхпин. Ити икки ардыгар кимэ биллибэт кэрэ дьахтарбыт ханнык эрэ киһилиин эргичийэн кэлэн, биһиги иннибитигэр киирэн былааччыйата тэлээриҥнээтэ.
– Оо, бу барахсан атахтара үчүгэйин, олох бытыылка курдуктар! – дии-дии дьүөгэлэрбинээн ымсыырааччы буоллубут. Арааһа, нуучча дьахтара сылдьар быһыылаах дэстибит.
Араас көрдөөх оонньуулар, аттракционнар бэрт көхтөөхтүк ыытылыннылар. Саҥа дьыллааҕы эҥин эгэлгэ оонньуурдарынан симэммит күөх харыйа тула көр-нар оргуйан олорор. Барыта эҥин күлүмнээн, сандаарыйан остуоруйа дойдутун санатар!
Патефонтан Валерий Ободзинскай, Муслим Магомаев абылыыр кэрэ куоластара үҥкүүгэ эргитэр. Музыка! Музыка сүрэххэ кутуллар. Эрчимнээх эдэркээн сүрэхтэр дьиктини, кэрэни эрэйэн тиҥийэ тэбэр аптаах Саҥа дьыл түүнэ!..
Дьэ, түүн үөһэ да чугаһаата. Маскараат түмүгүн истии буолла. Маҥнайгы бирииһи «Кимэ биллибэт кэрэ дьахтар» ылла. Үҥкүүлүүрэ да үчүгэй, таҥаһa-caбa да бэрт уонна дьон болҕомтотун тарпыта да олус.
– Мааскаҕын устан, дьоҥҥо көһүн, — диэн көрдөстүлэр тэрийээччилэр.
«Кимэ биллибэт кэрэ дьахтар» кыратык кэтэмэҕэйдээн баран, мааскатын уһулла. Саала иһэ өрө оргуйа түстэ. Ытыс тыаһа, күлүү-үөрүү ньиргийэн олордо. Көрбүппүт – сопхуос суоппара Юра Дьячковскай илэ бэйэтинэн үөрэн-көтөн, мичилийэ турар! Гумер Каримович кэргэнэ Клара Ивановна ньилбэктэрин охсон кэбиһэ-кэбиһэ, букатын иэрийэ сытар. Дьэ, буоллаҕа. Биһиги, били атахтарыгар ымсыырбыт дьон, кыбыстан сиргэ эрэ тимирбэтибит. Бэйэ-бэйэбитин ыйа-ыйа, туох диэбиппитин хатылыы-хатылыы, күлэн баран, тохтуур аат суох. Матрешкабыт иһиттэн аны кулууппут сэбиэдиссэйэ тахсан кэллэ. Кыргыттар күлсүүлэрэ өссө сэтэрдэ.
Ити курдук эдэр сааспыт биир көрдөөх-нардаах Саҥа дьыллааҕы киэһэтин өйдөөн-санаан кэллим. Оччолорго кулуупка дэриэбинэ олохтоохторо кырдьаҕастыын-эдэрдиин таптаан сылдьаллара. Барыга-бары олус көхтөөх буолаллара.
Умнуллубат Саҥа дьыл
Кулууп иһэ лыык курдук киһи. Күлүмүрдэс Саҥа дьыллааҕы харыйа тула үөрүү-көтүү, күлүү-салыы. Музыка ньиргийэр. Үҥкүү үгэнэ.
Эмискэ кыргыттар-уолаттар үрэллэн биэрэллэр. Бары мин диэки хайыһаллар. Оо! Иннибэр кини кэлэн турар. Үҥкүүгэ ыҥырар. Үөрэн мичилиспит харахтара ыйытардыы мин диэки көрөллөр. Саала иһэ сырдыырга, кэҥииргэ дылы гынар. Мин кэтэспит сүрэҕим үөрүүттэн өрүкүйэр. Кини күүстээх, эрчимнээх илиитигэр уйдаран, музыка дуу, күүстээх таптал абылаан дуу, саала устун оргууй устар курдукпут. Тула ким да, туох да суох: кини уонна мин эрэ…
Арай биирдэ истибитим, кыргыттарым:
– Үҥкүү бүттэ, – диир эбиттэр.
Эмискэ уһуктубут курдук өйдөнөн кэлбиппит, үҥкүү бүппүт. Дьоннор бары истиэнэни кыйа тураллар, сорохтор дьыбааҥҥа олорбуттар. Онтон эмиэ үҥкүү, үҥкүү. Көрү-нары көҕүлүттэн туппуттар.
Саҥа дьыллааҕы аптаах дьикти түүн! Үөрэн мичилиҥниир, чаҕылыҥас-дьиримнэс сулустар анныларыгар, тымныыны билиммэт дьоллоох итии сүрэхтэр өргө диэри сылдьабыт. Оо, умнуллубат эдэр саас барахсан, кэрэҕин даҕаны!
Анна СЕМЕНОВА, Уус Маайа.