Эдьээҥҥэ “Уус-Маайа” сопхуос, “Дьулуур” хаһаайыстыба бастыҥ отчуттара төһө да сааһырдаллар сүөһүлэрин эспэккэ, бу күҥҥэ диэри хаһаайыстыбаларын тута сылдьаллар. Оччолорго сүүрбэлэриттэн эрэ тахсыбыт эдэр уолаттар этилэр. Оччоттон баччаҕа диэри үлэ бөҕөнү үлэлээн, бу саастарыгар диэри оттоон-мастаан, сүөһү-ас иитэн кэллилэр. Билигин алта уоннарын ааспыт дьон нэһилиэктэрин дьонун, бэйэлэрин үрүҥ аһынан хааччыйан олороллор. Сыллата ынах, сүөһү иитиитэ буоларын курдук аҕыйаан иһэр, ол аайы оттонор ходуһалар сэтиэнэҕинэн бүрүллэн, сааскы уу тохтоон кута, маар буолан тимир көлө кыайан киирбэт. Ол курдук Тураннаах, Доллоку ходуһалара уруккута Эдьээн отделениятын улахан биригээдэлэрэ оттуур сирдэрэ этэ.
Доллокуга оттуур кэтэх хаһаайыстыбалаах уонтан тахса сүөһүлээх Герман Васильевич Попов дьиэ кэргэнэ аҕыс кэбиһиини оттоору, сатыы маары, ууну туораан ходуһаларыгар бэрт эрэйинэн тиийэллэр, дулҕаны үрдүнэн сылдьан илиилэринэн оттууллар. Ол да буоллар санааларын түһэрбэттэр. Хата аймахтар соло буоллаллар эрэ, күүс-көмө буолан, санаалара көтөҕүллэн, хоно сылдьан, аҕыс отторун улахан ардахтар иннилэригэр чөмчөттүлэр. Онон быйыл Тускул билгэтэ хайа сыллааҕар наада буолла. Инньэ гынан күнү-дьылы сөп түбэһиннэрэн, Поповтар ууну кэһэ да сылдьан оттоон, кыстыыр отторун хааччыннылар. Көмөлөспүт доҕотторугар, аймахтарыгар махталллара улахан. Атын да кэтэх хаһаайыстыбалар үлэлэрин түмүктээн эрэллэр.
Ирина Винокурова, Эдьээн