Сэрии кэмин оҕото: Аксинья Атласова

Сэрии диэн тыл хас биирдии киһини, оҕону дьиксиннэрэр. Биһиги эбэлэрбит эһэлэрбит оҕо саас диэни билбэккэ, эрэйи-муҥу билэн улааппыттара. Күп сэлиэнньэтин олохтооҕо Аксинья Алексеевна – сэрии кэмин оҕото, 1942 сыллаахха сэтинньи 14 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ Евдокия Степанова, сытыары-сымнаҕас майгылаах, сүрдээх үлэһит этэ, колхозка субан сүөһүнү көрөрө. Аҕата Алексей Васильевич 1943 сыллаахха бэс ыйын 23 күнүгэр 43 сааһыгар дойдутун чиэһин көмүскүү аттаммыта.

Сэрии кэмин, сэрии кэннинээҕи ыар сыллар кыһалҕаларын этинэн сиининэн толору билбитэ. Эрдэ ийэтэ суох хааллбыттара, олус кыра буоланнар сатаабаттара элбэҕэ. Аҕата сэрииттэн бааһыран кэлэн кадровай булчутунан үлэлээбитэ Булчут буолан куруутун тыаҕа тахсара, өр кэмҥэ оҕолор бэйэлэрэ хаалаллара. Быраатынаан Николайдыын куустуһан олорон ытыыр этибит диэн саанаан ааһар. Олох-дьаһах олус ыарахана, кыра эрдэҕиттэн араас улэҕэ эриллэн улааппыта. Ол да иһин буолуо, ыарахаттартан толлон турбат, аһыныгас санаалаах, үлэһит бэрдэ буола улааппыта.

1959 сыллаахтан колхозка сүөһү көрүүтүгэр үлэлээбитэ. Үлэтигэр бэриниилээх, барыны-бары сатыыр, ыарахантан толлон турбат, былаанын мэлдьи аһары толорор  хоһуун улэьит буолан, партия чилиэнэ кыыс улуус бочуот дуоскатыттан түспэт этэ, үгүс-элбэх наҕараадалардаах.Үлэтин туһунан маннык ахтан ааһар: «1959 сыл сэтинньи ыйыгар колхоз бастыҥ ыанньыксыта Андреева Мария Васильевна үчүгэй улэтин иһин Москва куоракка ВДНХа быыстапкатыгар наҕараадаланан күүлэйдии барбытыгар кини 20 ынаҕын миэхэ туттарбыттара. Оччолорго мин 18 саастааҕым. Ынах ыыры сатаабат этим. Икки илиим саллаччы иһиэр дылы ытыы-ытыы ынах ыырым. Ол саҕана туруорбах хотоҥҥо оту кыбыыттан киллэрэн, саахтарын таһааран, илиибитинэн таһан, уулатан уонна туруорбах хотону сыбаан барытын бэйэбит гынар этибит. Онтон 1979 сыллаахха Бэскэ аныгы оҥоһуулаах комплекс диэн хотон туппуттара. Ол онно комсольскай путевканнан кэлэн барыта эдэр ыччат этэ. Кинилэргэ миигин наставнигынан туруорбуттара. Ол онтон ыла  пенсияҕа тахсыахпар диэри эдэр ыччаттары кытта үлэлээбитим. Хас коллектив айыы үүт былаанын биэрэллэрэ, онно барытыгар бастаан премия харчынан уонна грамота бөҕө ылар этибит. Улуус бочуот дуоскатыттан өрүү туспэт этибит. Сайын аайы сайыллыкка көһөрөллөрө. Наһаа да учугэй этэ. Мин партия чилиэнэ этим, ол иһин элбэх мунньахха сылдьыбытым. Пленум диэҥҥэ чилиэнинэн таланнар улуус киинигэр уонна Якутскай куоракка съезкэ барар этим».

Аксинья Алексеевна олоҕум саамай улахан ситиьиитэ о5олорум диэн ааттыыр. 8 оҕолоох, элбэх оҕо эбээтэ, хос эбээтэ, ол онтон наһаа үөрэр уонна киэн туттар: “Соҕотох мин бачча элбэх ыччаттардаахпын” – диир. Сыралаах үлэтэ сыаналанан Тыа ха4аайыстыбатын бэтэрээнэ буолбута, “Метринская слава” уордьан кавалера, “Гражданская доблесть” знак хаһаайкалара, Уус-Майа улууһун бочуоттаах олохтооҕо. Амарах ийэ, эйэҕэс эбээ күн бүгүнүгэр диэри дьонугар сүбэ-ама, күүс-көмө буола олорор.

 

Лена Левина