Ситиһиилэргэ кыттыгастаах курдук сананан үөрэрим

Быйыл биһиги “Мэккэ” туос ииһинэн дьарыктанааччы түмсүүбүт тэриллибитэ 35 сылын туолар. Бастакы тэриллиилэрэ 1989 сыллаахха этэ. Салайааччынан Мария Федотовна Рахлеева талыллыбыта. Бастаан түмсүү чилиэттэрэ олохтоох сэбиэт дьиэтигэр хос ылан дьарыктаммыттара, онтон Мария Федотовна дьиэ кэргэнин дьиэтигэр дьарыктаммыттара. Биир күн Давид Никитич миэхэ сэмэй баҕайытык: “Балтым, икки дьиэлээх буолан бараҥҥын, тоҕо манна симилиннэхпитий, биирдэригэр эмэ миэстэ биэрэн дьарыктаннахпытына хайдаҕый?”, — диэн өй киллэрэн, 2005 сылтан Күптээҕи Дмитрий Нестерович Апросимов  аатынан литературнай түмэлгэ “Ураһа” комплексыгар дьарыктанан саҕалаабыппыт.

Түмсүү чилиэттэрэ аан маҥнай нэһилиэк художественнай самодеятельноһын кыттааччыларыгар уонна “Чээчэбил” народнай оҕо үҥкүүтүн коллективыгар ырбаахылары, былааччыйалары, көстүүмнэри тигэн нэһилиэк култуурата сайдарыгар кылааттарын киллэрбиттэрэ, сыыйа туоһунан араас оҥоһуктары тигиигэ киирбиттэрэ. Салайааччыбыт Мария Федотовна, туоһу хайдах, хайа кэмҥэ хастыыры (туоһууру), хайдах харайары, таҥастыыры, тигэри үөрэппитэ. Мин бастаан туоһунан дьарыктанарбар кыайыам суоҕа диэн салла санаабытым, дьарыктанан истэҕим аайытын киниэхэ ылларбытым. Туос киһи илиитигэр киирдэҕинэ сымнаан хаалар этэ. Бастакы, ыаҕыйабын тикпитим кэннэ, эдьиийдэрбит Мария Федотовна уонна Татьяна Петровна “Дьиҥнээх маастар бу кэлбит эбит!”,- диэн санаабын көтөҕөн кэбиспиттэрэ. Инньэ гынан кинилэри кытта бииргэ дьарыктанан матааччахтары, тымтайдары тиксибитим.

Аан бастаан быыстапкаҕа кыттыы 1990-с сылларга буолбута. Онно биһиги кырдьаҕас маастардарбыт Варвара Филипповна Апросимова, Мария Федотовна Рахлеева, Татьяна Петровна Докторова, Александра Николаевна Ефимова үлэлэрэ Красноярскай куоракка региональнай быыстапкаҕа ситиһиилээхтик кыттан кэлбиттэрэ. 2003 сылтан “Мэккэ түмсүү” “Мастеровая Якутия” региональнай быыстапкаҕа сылын аайы кыттар буолбута уонна мэлдьи миэстэлэһэрэ да, миэстэлэһэр даҕаны. 2011 сыллаахха Мирнэйгэ 1-кы регионнар икки ардыларынааҕы “Солнечное тепло Российской березы”, Дальнай Восток зональнай быыстапкатыгар, 2021 сыллаахха Өлүөхүмэҕэ Олоҥхо ыһыаҕар эмиэ ситиһиилээхтик  кыттан, оҥоһуктара биһирэнэн кэлбиттэрэ. Александра Николаевна үлэтэ Москваҕа гран – при муҥутуур үрдүк бириэмийэни ылбыта. Түмэлгэ кэлбиттэрин кэннэ, нэһилиэк, улуус, республика мероприятиеларыгар, быыстапкаларыга баралларыгар экспонаттары тиэйэн бу ситиһиилэргэ кыттыгастаах курдук сананан үөрэр этим.

Мария Федотовна олохтон туоруоҕуттан түмсүүнү уопуттаах норуот маастара Александра Николаевна Ефимова салайар уонна үгэһи салҕыыр. Эдэр көлүөнэ киниттэн норуот төрүт ииһин, тигиитин утумнуур. Кинилэр эмиэ бүгүҥҥү күҥҥэ элбэх үрдүк ситиһиилээхтэр. Мин бу коллективы кытта алтыһан сылдьыбыппынан, бииргэ үлэлээбиппинэн киэн туттабын.

Светлана Кривошеина, Саха Республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ.