Сэбиэскэй кэмҥэ ханна баҕарар үлэ киһитэ бочуоттанара, үлэтэ сыаналанара өрүү бастыҥ үлэһиттэринэн киэн тутталлара. Билигин оччотооҕу кэм ыччаттара сааһыран, хайы-үйэҕэ алта уоннарын, сэттэ уоннарын ааспыт олох бары эргиирин билбит дьон буолаллар. Кинилэр улахан дьону кытта тэҥҥэ сылдьан оҕо саастарыттан оттоон -мастаан, үлэһит үтүөтэ буола улааталлара.
Мин бүгүн кэпсиир киһим-Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Черноградскай Юрий Михайлович. Кини 1953 сыллаахха алтынньы 8 күнүгэр Хатаска төрөөбүтэ. Аҕата Черноградскай Михаил Гаврильевич колхоз бэрэссэдээтэлинэн, «Хатас» сопхуос отделениетын управляющайынан, биригэдьииринэн, тракториһынан үлэлээн, икки төгүл САССР Үрдүкү Сэбиэтин бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта. Ийэтэ Варвара Семеновна «За трудовое отличие» мэтээллээх сопхуос биир бастыҥ оҕуруотчута эбит. Бииргэ төрөөбүттэрэ төрдүөлэр. Оҕолор оскуола саҕаттан от, оҕуруот биригээдэлэригэр сылдьан, үлэҕэ сыста улааппыттар. Юрий 1971сыллаахха Хатас орто оскуолатын бүтэрэн, сопхуоска үлэлии хаалбыт. Кини 1972-1974 сыллаахха армияҕа ыҥырыллан, Хабаровскай куоракка сулууспалаабыт, связиһынан сылдьыбыт.Туйгун сулууспатын иһин «Отличник Советской Армии» бэлиэнэн наҕараадаланан ытык иэһин төлөөн кэлбит. Кэлээт да төрөөбүт сопхуоһугар хортуоппуй олордуутунан дьарыктанар «Трудовой Слава» орден толору кавалера Иван Михайлович Жирков аатырбыт звенотугар киирэн эдэр уол үс сыл устатыгар бастыҥ тракторист буолан буспута-хаппыта, элбэххэ үөрэммитэ. 1975-1980-ус сылларга 65 гектар бааһынаҕа биирдии гектарыттан 200-250 ц. онтон сылга 1000-1400 тонна хортуоппуйу ылары ситиспиттэрэ. Эдэр тракторист Юрий ситиһиилээх үлэтэ сыаналанан дирекция, рабочком аатыттан «Запорожец» легковой массыына фондатынан, грамоталарынан наҕараадаламмыта. Бу эдэр киһи бастакы улахан наҕараадата олоҕун устатыгар үлэттэн илиитин араарбат бастыҥ үлэһит буоларыгар олук уурбута.
Юрий 1977сыллаахха, тапталын үөрэҕин бүтэрээри сылдьар кыыһы Попова Галинаны көрсөн ыал буолан, Эдьээҥҥэ олохсуйбуттара түөрт уонтан тахса сыл буолла.
Юрий Михайлович Эдьээҥҥэ кэлээт да, 1978-1991 сылга диэри «Уус-Маайа» сопхуоһугар Эдьээн отделениетыгар солбуллубат МТЗ-82 сабыс-саҥа икки трактор уруулун эрэллээхтик туппут бастыҥ тракторист буолбута. Оччолорго сопхуос директордара: Вячеслав Васильевич Атласов уонна Федот Федотович Богимов курдук олус ирдэбиллээх, дириҥ билиилээх салайааччыларга түбэһэн, Хатаска үлэ үөрүйэхтэригэр ылбыт тэтимин ыһыктыбакка, олус таһаарыылаахтык окко, сиилэскэ, хортуоппуйга, уокка оттор мас, тутуу маһын бэлэмнээһиҥҥэ трактористары кытта биир да күн өрөөбөккө тилэри үлэлииллэрэ. Саамай уһуннук алтыһан үлэлээбит наставниктарын, доҕотторун: Валерий Михайлович Саввины, Владлен Филиппович Умайскайы, механик-тракторист Иван Николаевич Атласовы, рационализатор, тракторист Дмитрий Григориевич Ивановы «кинилэр хайдахтаах да бэйэлээх алдьаммыт тракторы хаамтарар айылҕаттан билиилээх ураты дьон этилэр» диэн, киэн тутта да, астына да ахтар. 1982 сыллаахха бастыҥ үлэтинэн Юрий Михайлович дойду тэбэр сүрэҕэр Москва куоракка Бүтүн Союзтааҕы тыа хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар путевканан наҕараадаланан көрөн-истэн, күүлэйдээн кэлбит дьоллоох. Кинилэр үлэлиир кэмнэригэр Эдьээн отделениета от үлэтигэр, сиилэс угуутугар былааннарын аһары толорон, араас фондаларынан наҕараадаламмыттара. Ол курдук Юрий Михайлович «Урал» мотоцикл, «Крым» корпус фондатынан бириэмийэлэммитэ.
1994-2012 сылларга Эдьээн бастыҥ үлэһит дьоно: Умайскай Владлен Филиппович, Винокуров Степан Дмитриевич, Попов Герман Васильевич, Абрамов Виктор Николаевич, Слепцов Иван Васильевич, Кондаков Николай Васильевич, Умайскай Владислав Владленович, Умайскай Филипп Владленович буолан «Дьулуур» диэн ааттаах дьоҕус крестьянскай хаһаайыстыба тэриммиттэрэ. Бу хаһаайыстыбаҕа салайааччынан Юрий Михайловиһы биир санаанан талбыттара уонна олус табыллан күнү-дьылы аахсыбакка үлэлээн өлгөм үүнүүнү ылбыт кэмнэрэ этэ. Уус-Маайа улууһун хортуоппуйунан, хаппыыстанан дэлэйдик хааччыйбыттара. Ол курдук 20-30 тонна хаппыыста, 30-70 тонна хортуоппуй, 5-10 тонна үүт, 1-2 тонна эти туттаран, 100-130 тонна оту оттоон, элбэх дохуоту киллэрбиттэрэ. Бу улууска оҕуруот аһын дэлэтиигэ ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр улахан ситиһии этэ. Ол харчыларынан хаһаайыстыбаларыгар үс МТЗ-82, үс ДТ-75, икки УАЗ микроавтобус курдук сабыс-саҥа тиэхиньикэлэринэн хааччыммыттара.
Сайыҥҥы өттүгэр хаһаайыстыба эрэ чилиэннэрэ буолбакка, кинилэр дьиэ кэргэттэрэ, чугас дьонноро, ыһыы кэмигэр ордук хаппыыста олордуутугар, хомуурга көмөлөһөллөрө.
1994 сылтан сайыҥҥы өттүгэр уонча сыл устата Юрий Михайлович кэргэнэ учуутал Черноградская Галина Николаевна 10-20-ча үөрэнээччилээх үлэ-сынньалаҥ лааҕырын тэрийэн, үлэни кытта сынньалаҥы тэҥҥэ дьүөрэлээн, оҕолору үлэһит дьоҥҥо сыһыарбыта, оҕолор үлэ үөрүйэхтэригэр уһуйуллубуттара. «Дьулуур» хаһаайыстыба тутаах дьоно буола улааппыттара.
Сайынын сүрүннээн оҕуруот үлэтинэн дьарыктаммыт эбит буоллахтарына, аны кыһынын оттук мас бэлэмннээһинигэр үс сыл устата күүскэ туруммуттара, оччолорго билиҥҥи курдук ититэр систиэмэ суоҕа. Онон нэһилиэнньэ сүрүн кыһалҕата оттук маһынан хааччыллыы буолара, бытарҕан тымныыга сылга 700-750 м3 мастаан, үлэ бөҕөнү көрсүбүттэрэ, олохтоохтор махталларын ылбыттара.
«Дьулуур» крестьянскай хаһаайыстыба атаҕар туруутугар оччотооҕу салайааччылар: Томтосов Владимир Александрович, Сентизов Руслан Иванович, Винокуров Николай Николаевич араас таһымнаах көмөнү оҥорбуттара,» диэн Юрий Михайлович олус махталлаахтык ахтар.
!999 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы президенэ Михаил Ефимович Николаев ыйааҕынан Уус-Маайа улууһугар «Дьулуур» бааһынай хаһаайыстыбата бастакынан тэрээһиннээх базавой хаһаайыстыбата буолары ситиспитэ. 2005 сыллаахха Юрий Михайловичка «СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна» диэн үрдүк ааты иҥэрбиттэрэ.
2012 сылга диэри «Дьулуур» крестьянскай хаһаайыстыбата тэрээһиннээхтик, таһаарыылаахтык үлэлээбит араас таһымнаах ситиһиилэрин Саха сирин Бырабыытылыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Егор Афанасьевич Борисовтан, тыа хаһаайстыбатын министерствотыттан саҕалаан туттарыллыбыт үгүс элбэх грамоталара, дипломнара туоһулууллар.
Юрий Михайлович төрөппүттэрин утумнаан, биэс уонча сыл устата төһөлөөх оту оттоон, хортуоппуйу, хаппыыстаны олордон, маһы мастаан кэлбитин ааҕан да сиппэт сыыппарата буолуо. Олоҕун үлэнэн киэргэппит кэмнэрин, үлэһит үтүө доҕотторун, өҥ буордаах баай кэрэ айылҕалаах Эдьээнин туохтааҕар да күндүтүк саныыр. Кини олус сэмэй үлэһит, ытыктанар Эдьээн биир бастыҥ күтүөтэ буолар. Төһө да бочуоттаах сынньалаҥҥа олордор, оҕуруот олордон, сүөһү ииттэн, от-мас тиэйиитигэр биир дойдулаахтарыгар мэлдьи көмөлөһөр, хаһан да үлэтэ суох олорбот, Юрий Михайлович бу күннэргэ сэттэ уон сааһын туолла. Эдьээн дьонун-сэргэтин аатыттан үбүлүөйдээх сааһынан уонна үлэ сылынан эҕэрдэлиибит! Сылайбат сындааһыны, энчирээбэт эрчими, туйгун доруобуйаны дьиэ кэргэнигэр дьолу-соргуну баҕарабыт!
Ирина Винокурова